Сэтинньи ый - Баай Барылаах Байанай ыйа.
Баай Барылаах Байанай ыйынан булт-алт сиэрин-туомун төһө билэргин тургутан көр
1. Тоҕо тииҥ этин, иһин ыкка биэрбэттэрий?
-
а) Сытымсаҕа суох буолар
-
б) Киҥнэнэр
-
в) Байанайа тэйэр
2. Ыалдьыкка өһүргэстээх диэн тугу сиэппэттэрий?
-
а) Булт аһын
-
б) Ис миинин
-
в) Мундуну
3. Ыалдьыт аһын тобоҕо хааллаҕына, ...
-
а) Оҕо да, бэйэлэр да сиэ суохтаахтар
-
б) Дьиэ кыылыгар биэрбэттэр
-
в) Бөххө бырахпаттар
4. Балык киирбэт буолан хааллаҕына, бу тэрили ...
-
а) Кир сыстыбыт диэн сууйан-сотон ыраастыыллар
-
б) Туһаттан таҕыста диэн туттан бүтэллэр
-
в) Саҥа ый үүнүөр диэри туттубаттар
5. Тоҕо балык искэҕин оҕоҕо сиэтэ сатыылларый?
-
а) Уһун үйэлээх буоллун диэн
-
б) Төрүөхтээх буоллун диэн
-
в) Элбэх үптээх-баайдаах буоллун диэн
6. Ууга тимири, кырыылааҕы түһэрдэххинэ, ...
-
а) Уу иччитэ бааһырар, балык кэлбэт буолар
-
б) Үчүгэй бит
-
в) "Киртийэр" ол ууну истэххинэ иһиҥ ыалдьыан сөп
7. Өлгөмнүк бултуйан кэлэн баран ...
-
а) Сааны дьиэ таһыгар хааллараллар
-
б) Сааны сууйуллубат
-
в) Уот иччитин аһаталлар
8. Ханнык кыыл тыҥыраҕынан, аһыытынан оҕо оонньуурун бопсоллоруй?
9. Тыатааҕы этин сиэх иннинэ туох дэниллиэхтээҕий?
-
а) "Хуух! Хуух!"
-
б) "Алакы!"
-
в) "Уруй!"
10. Улахан булка иһэн ...
-
а) Элбэхтэ тохтоон сынньаныа суохтааххын
-
б) Бастаан кыра булду бултуйуохтааххын
-
в) Кыра булду ыппаккын
11. Саҥа саанан бастакы улахан булду бултуйдахха, ...
-
а) Сааны сууйаллар-сотоллор
-
б) Саа уоһун хаанынан биһэллэр
-
в) Сааны ый курдук туттуллубат
12. Булт иннигэр ...
-
а) Ыты өлгөмнүк аһатыллыахтаах
-
б) Ыты аһаппаттар
-
в) Ыт бултуур тэрил үрдүнэн атыллыа суохтаах